Соторутааҕыта Национальнай архыпка историктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр сойуустарын бырабылыанньатын чилиэттэрин кытта к8рсүһүү буолан ааста.
Көрсүһүүгэ кыттыыны ыллылар: В.Н. Степанов – бэрэссэдээтэл, суруналыыс, К.А. Пестерева – ХИФУ историяҕа факультетын ст. преподавателэ, бэрэссэдээтэли солбуйааччы, И.А. Сивцева – А.Е. Мординов аатынан Таатта лицейын дириэктэрэ, В.Б. Борисов – “Арассыыйа – Мин историям” история пааркатын култуура, сырдатыы, экскурсия отделын методиһа.
Төрөөбүт Сахабыт сиригэр историяны, кыраайы үөрэтиини кэҥэтии, үлэлэр таһымнарын үрдэтии, сыл-хонук ааһар будулҕаныгар умнуллубут дьоннорбут үтүө ааттарын тилиннэрии уо.д.а. атын боппуруостарга аһаҕас санаа атастаһыыта буолла, бииргэ үлэлэһии сүнньэ торумнанна.
Кэпсэтии түмүгүнэн, маннык үлэлэр былааннаннылар:
- Кулун тутар 10 күнүгэр, Аан дойдутааҕы Архыып күнүгэр ыытыллар, “Аһаҕас күн” тэрээһинэ.
- Муус устар 6-7 күннэригэр ыытыллар 3-с НПК тэрээһин пленарнай мунньаҕар уонна семинарга кыттыы.
- Архыып таһаарар кинигэлэрин быыстапката.