Мин, Домотова Татьяна Афанасьевна, олунньу 28 күнүгэр 1972 с. Алдан өрүс үрдүгэр турар Өспөх нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм.
Национальнай архыыпка 1995 с. үлэлии киирбитим.
Улахан дьиэ-кэргэн ийэтэ буоларым быһыытынан, сынньанар кэммэр араас аһы астыырбын сөбүлүүбүн. Рецептарбын интернет ситимиттэн, ютубтан көрөн ылабын. Ого сылдьан уруһуйдуурбун сөбүлүүр этим. Онтубун ахтан-санаан ыллахпына, иллэҥ кэммэр нүөмэринэн кырааскалаан, мозаика килиэйдээн хартыыналары оноробун. Чугас дьоммор бэйэм илиибинэн онорбут хартыыналарбын бэлэхтээн үөрдэбин.
Уһун кыһыммыт бүтүүтэ оҕуруот аһын, сибэкки рассаадатын олордуутунан дьарыктанабын. Дьиэм таьыгар араас сибэкки үүннэрэрбин сөбүлүүбүн. Көстүүтэ тупсаҕай буоллун диэн, сибэкки иһиттэрин кэргэмминээн баар матырыйаалтан сваркалаан, кырааскалаан, кырыйан оҥоробут.
Домотова Татьяна Афнасьевна,
отличник архивного дела РС(Я),
Заведующий архивохранилищем